Здесь нашел интересный обзор

08.12.22

    С 2 по 12  декабря 2022 года пройдет VI Всероссийский правовой (юридический) диктант. Правовой диктант рассчитан на граждан в возрасте от 14 лет. Задания Диктанта оформлены в виде теста. Тест состоит из 40 вопросов. Можете пройти по этой ссылке⇒⇒⇒ https://forms.gle/qvTwqcHxvoSK4CtL6

08.12.22

Ахсынньы 7 күнүгэр Д.Ф. Ходулов аатынан Майатааҕы культура киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, поэт, тылбаасчыт, буойун суруйааччы, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриитин кыттыылааҕа Степан Иванович Тимофеев төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт «Эйэ, дьол ырыаһыта» диэн ааттаммыт саҥа  кинигэ сүрэхтэниитэ ыытылынна.

«Герой, Эн үрдүк ааккынан киэн туттабыт!» ырыа-хоһоон түһүлгэтин И.М.Сосин аатынан улуустааҕы киин библиотека кылаабынай библиотекара Аграфена Зыкова, улуустааҕы культура уонна духуобунай сайдыы управлениетын специалиһа Александр Кулешов иилээн ыыттылар. Хас эмэ сыл тухары саха дьоно уоһуттан түһэрбэккэ сөбүлээн ыллаабыт  Эйэ, дьол иһин” ырыаны В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын “Тускул” уолаттарын хордара толордулар. Бу ырыа үгүс дьон кутун туппут, сүрэхтэригэр иҥпит, норуоту биир өйгө-санааҕа түмпүт, өлбөт-сүппэт дьылҕаламмыт айымньы. Бу ырыа матыыбын Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриитин кыттыылааҕа, мелодист Георгий Никифоров айбыта. Икки саллаат санаалара түмүллэн, эйэ өрөгөйдүү турарын туһугар ураты, күүстээх ырыаны айан, үйэ-саас тухары хаалларан үйэтиттилэр.  

Саҥа тахсыбыт кинигэни И.М.Сосин аатынан улуустааҕы киин библиотека сүрүннүүр библиографа, кинигэ ааптара Надежда Васильевна Сидорова сырдатта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, поэт, тылбаасчыт, буойун суруйааччы, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриитин кыттыылааҕа Степан Иванович Тимофеев төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт «Эйэ, дьол ырыаһыта» кинигэҕэ кини олоҕун, айар үлэтин сырдатар ыстатыйалар, интервьюлар, ахтыылар, хаартыскалар, ырыа буолбут хоһоонноро, библиографията киирдилэр. Маны тэҥэ ааҕааччылар QR код нөҥүө С.И.Тимофеевтыын интервьюну, хоһооннору, ырыалары сэргээн көрүөхтэрэ.

Үтүө киһи аатын үйэтитэр дьоһун кинигэ бэчээттэнэн тахсыбытынан оройуон депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Сазонов, «Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыгын солбуйааччыта Федор Белолюбскай эҕэрдэ тылларын эттилэр.

Саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов, Өлүөхүмэ оройуонун Саҥыйахтаах орто оскуолатын информатикаҕа учуутала, Степан Тимофеев сиэнэ Антон Егорович Петров видео эҕэрдэлэрэ экран нөңүө көһүннэ.

Саҥа кинигэ тахсыбытынан РФ норуотун  үѳрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Апросимов Аполлон Михайлович, СӨ үѳрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, спорт уонна культура, үлэ ветерана, поэт балта Керемясова Анастасия Федоровна, СӨ үѳрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, поэт Сосин Константин Ильич,  улуустааҕы культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начальнига Исакова Анна Руслановна бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

«Кыталык» үҥкүү норуодунай ансаамбыл толоруутугар «Эҕэрдэ үҥкүүтэ», “Сардаана” Майатааҕы оҕону сайыннарар киин иитиллээччилэрин толорууларыгар “Маҥнайгы хаар”, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччилэрин толорууларыгар “Доҕордоһуу ырыата”, “Сардаана” вокальнай ансаамбыл толоруутугар “Мин ийэм”, “Добун дорҕоон” эр дьон уус - уран ааҕыы бөлөҕүн толоруутугар “Суох буоллун сэрии!” (Степан Тимофеев хоһооннорунан уус – уран дьүһүйүү), И.Г.Тимофеев аатынан Майатааҕы лицей 6 кылааһын үҥкүү бөлөҕүн толоруутугар «Ый кыыһа», Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын 8 “а” кылааһын үөрэнээччитэ Вилена Птицына хомуска тардыыта (сахалыы матыыптар “Сайыны дьүһүйүү”), Соло Николай Васильев, “Сайар” литературнай бөлөх толоруутугар  «Күндү дойдум – күн ийэм» уус – уран дьүһүйүү, уо.д.а. эҕэрдэлэр ырыа-хоһоон түһүлгэтин киэргэттилэр.

 

Кинигэ сүрэхтэниитэ Степан Тимофеев хоһоонугар, мелодист Дмитрий Санников матыыбыгар уонна толоруутугар  “Биһиги Мэҥэлэр” ырыанан түмүктэннэ.

Ырыаһыт-поэт быһыытынан Степан Тимофеев төрөөбүт норуотугар киэҥник биллэр, таптанар. Кини тылыгар суруллубут ырыалар норуот уоһуттан түһэрбэккэ ыллыыра элбэҕи этэр. Ийэ дойду, норуот көҥүлүн иһин уонна дьолун туһугар турууласпыт хорсун буойун поэт Степан Тимофеев туһунан ытык өйдөбүнньүк мэлдьитин тыыннаах уонна үтүмэн үйэлэргэ үтүө холобур буолар. Үгүс көрөөччү уонна кэлэр кэнчээри ыччат тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттыыны ылбыттара, сэҥээрбиттэрэ  поэт Степан Тимофеев айымньыларын өлбөт үйэлиир.

 07.12.22

          

 

 

 

Кинигэ баар киһи аймах сайдыытыгар сүдү оруоллаах, хаһан да сүппэт, симэлийбэт дириҥ билии киэҥ байҕала.

Суруналыыс,  өрөспүүбүлүкэ бэчээтин туйгуна, «Кыһыл көмүс куорсун» өрөспүүбүлүкэ суруналыыстарын бириэмийэтин лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ  Галина Алексеевна Бочкарева Мэҥэ Хаҥалас улууһун 31 библиотекатыгар «Журналисты Якутии» энциклопедияны бэлэх уунна.

Энциклопедия авторын Галина Алексеевнаны республика суруналыыстарын историятын үйэтитэр дьоһун үлэтэ дьон-сэргэ дьүүлүгэр тахсыбытынан эҕэрдэлиибит уонна ааҕааччы киэҥ араҥатын хабан үрдүк биһирэбили ылыаҕа диэн эрэнэбит. Бу энциклопедия саха суруналыыстыкатыгар пааматынньык тэҥэ буолар.

Түгэнинэн туһанан биир дойдулаахпытыгар Галина Алексеевнаҕа дириҥ махталбытын тириэрдэбит! Айымньылаах үлэҥ албаннаах аартыгынан ахсымнык айаннаан ис диэн алҕыыбыт!

 

joomla3x