Мэҥэ Хаҥалас улууһугар общественнай, государственнай деятель, уус-уран айар тыл бөдөҥ маастара, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, саха биллиилээх поэта, публициһа, П.А. Ойуунускай аатынан государственнай бириэмийэ лаурета, икки “Бочуот Знага” орден кавалера Сергей Степанович Васильев – Борогонскай төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах тэрээһин ыам ыйын 24 күнүгэр Уус Алдан улууһун кииннэммит бибилэтиэкэтин тиһигин уонна И.М. Сосин аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин көҕүлээһиннэринэн ыытылынна.
Кэлбит ыалдьыттары Нөөрүктээйи нэһилиэгэр саҥа көлүөнэ модельнай “ЭКСПРЕСС - Библиотекатыгар” биир идэлээхпит Н.И. Колосова сахалыы сиэринэн алгыстаан, нэһилиэк аҕа баһылыга Н.Г. Федоров эҕэрдэ тылы этэн көрүстүлэр. Биир идэлээхтэрбит уопут атастаһан, бибилэтиэкэ үлэтин-хамнаһын билсэн, аныгылыы тупсаҕай бибилэтиэкэни көрөн сэҥээрдилэр.
Салҕыы Аллараа Бэстээхтээҕи Р.И. Брызгалов аатынан Транспорт техникумугар бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Р.Т. Васильева кэлбит ыалдьыттарга үлэтин сырдатан, киэҥ хабааннаах экскурция оҥордо.
С.С. Васильев – Борогонскай аатын үйэтитэр сыалтан техникум аактабай саалатыгар бастакы курс устудьуоннарын кытта көрсүһүүнү техникум директора Н.Н. Иванов, бибилэтиэкэ директордара Е.С.Корнилова, В.Н. Окоемова тыл этэн арыйдылар. Тэрээһин кэмигэр “Кэриэстиир эн ааккын - төрөөбүт норуотун” кинигэ быыстапката туруорулунна, С.Р. Николаева “С.С. Васильев – Борогонскай уонна Мэҥэ Хаҥалас”, О.Н. Павлова "Өлбөт өрөгөй ырыаһыта", Г.В. Аммосова "Бүтүн Россиятааҕы Васильевскай ааҕыылар" С.С. Васильев – Борогонскай айар үлэтин, олоҕун сырдатар олус интэриэһинэй бэсиэдэлэр, интеллектуальнай квест оонньуу ыытылынна. Устудьуоннар элбэх саҥаны билэн, сэмэй өйдөбүнньүк бэлэхтэри тутан бириэмэлэрин туһалаахтык атаардылар. Тэрээһин С.С. Васильев-Борогонскай тылыгар, П.С. Федоров матыыбыгар “Дьол” ырыанан, "Суотту – С.С. Васильев – Борогонскай төрөөбүт дойдута" литературнай дьүһүйүүнэн түмүктэннэ.
Маннык хабааннаах тэрээһининэн Уус Алдан уонна Мэҥэ Хаҥалас кииннэммит бибилэтиэкэлэрэ балаҕан ыйыгар С.С. Васильев – Борогонскай төрөөбүтэ 115 сылын көрсө Күөх Ньурба оройуонугар ыалдьыттыыр баҕа санааларын эттилэр.