Порядин Афанасий Семенович (1871‒1957)
«Эн тугу баҕарар суруйуоххун сөптөөх киһи эбиккин»
П.Ойуунускай
1871 с. I Моорук нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1878 с. Хочуораҥ диэн сиргэ аһыллыбыт оскуолаҕа икки сыл үөрэммитэ. Ол кэннэ Дьокуускайга миссионердар оскуолаларыгар икки сыл үөрэммитэ. Нэһилиэгэр, улууһугар суруксутунан, чаччыына кинээһинэн, кулубанан үлэлээбит.
Саха фольклорун хомуйууга П.А. Ойуунускай көмөтүнэн улахан суолталаах үлэлэри биэрбитэ.
Афанасий Семенович улууска аан бастакы уус-уран кинигэ ааптарынан биллэр. Үгүс үлэтиттэн улахан кэрэхсэбиллээҕэ Манчаары туhунан хомуйуулара буолуон сөп. Манчаары туhунан 20 киhиттэн сэhэннэри истэн суруйбут, сааhылаабыт. Итини таhынан “Бэриэт Бэргэн”, “Yрүҥ Уолан” диэн олоҥхолору толору суруйталаабыта боччумнаах үлэлэр буолаллар.
«Манчаары олоҕо», «Майаҕатта бэрт Хара», «Таҥара Мэнигэ», «Түҥүлгэ ойуун», «Додор кулуба», «Ньургустай Куо», «Ньырбакаан» диэн кэпсээннэри түмэн 1931 с. «Былыргы сэhэннэр» диэн кинигэни Д.П.Афанасьев‒Токосовтуун бэчээттэппитэ.
Кинигэлэрэ:
Былыргы сэһэннэр. – Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1931. Күтүрүттэн күдэҥҥэ муннарбыт. ‒ Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1930.
Үрүҥ Үөдүйээн / А. С. Порядин ; [редкол.: В. Н. Иванов (бас ред.) уо.д.а.] ; Рос. Федерация үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа м-вота, М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федер. ун-т, Олоҥхо науч.-чинчийэр ин-та. ‒ Дьокуускай : ХИФУ издательскай дьиэтэ, 2013. ‒ 294 с.
***
Апросимов, А. Биллиилээх фольклорист, этнограф, дьылдьыт, автор : А. С. Порядин төрөөбүтэ 120 сылын көрсө / А.Апросимов // Ленинскэй знамя. – 1991. – Балаҕан ыйын 24 к.
А.С. Порядин төрөөбүтэ 120 сылын көрсө // Ленинскэй знамя. – 1991. – Алтынньы 5 к. – С. 5 – Иһинээҕитэ : Былыргы сэһэннэр автора / П. Попов ; Архивын чуолкайдаан туһаныахха / А. Сосин.
Кононов, Н. А.С. Порядины кэриэстээһин / Н. Кононов, И. Коркин // Эркээйи. – 1996. – Муус устар 19 к.
Попов, Г. В. Аатын үйэтитиэххэ / Г. В. Попов, Е. Н. Скрыбыкин // Сахаада. – 1995. – Бэс ыйын 15 к.
Сосин, А. Архивын чуолкайдаан туһаныахха / А. Сосин // Ленинскэй знамя. ‒ 1991. ‒ Алтынньы 5 к.
Сосин, И.М. Фольклорист, этнограф / И. М. Сосин, А. М. Апросимов // Чолбон. ‒ 1991. ‒ 7 №. ‒ С. 91‒95.
Краеведы Якутии : биобиблиогр. справ. / М-во культуры и духов. развития РС (Я), Якут. гос. объед. музей истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского ; [авт. идеи и гл. ред. Е. С. Шишигин ; сост. П. В. Винокуров]. – Якутск : Бичик, 2007. – С. 16‒17.
Энциклопедия Якутии / ред. Ф.Г. Сафронов. – М., 2000. – Т. 1. – С. 535